Арҕааҥҥы дойдулар худуоһунньуктара уонна суруйааччылара хас эмэ үйэ устата Хоту дойду хайдах буолуон сөбүн өйдөрүгэр оҥорон көрө-көрө суруйаллара, инньэ гынан Скандинавия, Гренландия, Уһук Хоту уонна полюстар тустарынан – Хоту дойду туһунан сэрэйэн суруйуу дьапталҕата баар буолбута. Арҕааҥҥы дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ Хотугу полюска үйэ эрэ анараа өттүгэр тиийбиттэрэ, ол түмүгэр билигин Хоту дойду икки араастык ылыныллар: таһыттан – арҕааҥҥы дьон көрүүтүгэр олоҕуран; иһиттэн – хотугу норуоттар (скандинавтар, инуиттар, крилэр) култуураларыгар олоҕуран. Биһиги Хоту дойдуну хайдах баарынан тилэри-толору үөрэтиэхпитин баҕарар буоллахпытына, икки ыйытыыга хоруйдуохтаахпыт: Хоту дойду туһунан көрүүлэргэ тирэҕирэн, бу өйдөбүлү хайдах быһаарабытый? Хотугу култуура бары өрүтүн, ол иһигэр Соҕуруулар ситэ суолта биэрбэтэх өрүттэрин эмиэ хабан, ээтикэ ханнык бириинсиптэригэр олоҕуран үөрэтиэхтээхпитий? Биһиги ити икки ыйытыыга хоруйдуохпут, ол инниттэн “Хоту дойдуну оҥорон көрүү” диэн тугун, онтон Арктика култууратын ситимнээн-түмэн көрдөрөр барылы билиһиннэриэхпит.
Сахалар, боронтуустар, норвежецтар, датчааннар, шведтэр, нууччалар, аҕылычааннар уонна хотугу саамнар тылларынан тахсар элбэх тыллаах таһаарыы.
Édition multilingue en yakoute, mais aussi en russe, français, norvégien, danois, anglais et sâme du Nord.
Des éditions existent dans 15 des langues du Nord. Chaque édition contient un jeu différent de 7 langues, pour illustrer la diversité des langues du Nord et de l’Arctique.
Daniel Chartier, “Хоту дойдуну оҥорон көрүү” диэн тугуй? Ээтикэ бириинсиптэрэ, Montréal et Harstad (Norvège), Imaginaire Nord et Arctic Arts Summit, coll. «Isberg», 2018, 157p.
Нууччалыыттан сахалыы тылбаастаата Гаврил Григорьевич Торотоев.
Traduit en yakoute par Gavril Torotoev.
ISBN 978-2-923385-31-0